Кэҕэ - Василий Еремеев
Сэҥээрэн истэбин түүннэри,
Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын,
Алаастар уйгулаах кэмнэрин
Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын.
Хос ырыата:
Эн эрэ биһиэхэ кэллэргин,
Эн эрэ түүннэри эттэргин,
Ол аата сайыммыт саҥарар,
Ол аата уйгубут улаатар.
Сайылык үөрүүтүн үксэтэн,
Дойдугун этэрин киэргэтэн,
Сотору тиһэххин чоргуйуоҥ,
Эн ыраах айаҥҥа хомунуоҥ.
Хос ырыата.
Сэҥээрэн истэбин түүннэри
Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын
Алаастар уйгулаах кэмнэрин
Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын.
Хос ырыата.
Кэҕэ - Василий Еремеев
Сэҥээрэн истэбин түүннэри,
Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын,
Алаастар уйгулаах кэмнэрин
Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын.
Хос ырыата:
Эн эрэ биһиэхэ кэллэргин,
Эн эрэ түүннэри эттэргин,
Ол аата сайыммыт саҥарар,
Ол аата уйгубут улаатар.
Сайылык үөрүүтүн үксэтэн,
Дойдугун этэрин киэргэтэн,
Сотору тиһэххин чоргуйуоҥ,
Эн ыраах айаҥҥа хомунуоҥ.
Хос ырыата.
Сэҥээрэн истэбин түүннэри
Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын
Алаастар уйгулаах кэмнэрин
Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын.
Хос ырыата.