Lyrics Сайсары Куо - Истиэн этэ дуо..

Singer
Song title
Истиэн этэ дуо..
Date added
05.12.2017 | 07:20:04
Views 210
0 people consider the lyrics to be true
0 people consider the lyrics of the song incorrect

The lyrics of the song are provided for your reference Сайсары Куо - Истиэн этэ дуо.., and also a translation of a song with a video or clip.

Сайсары Куо - "Истиэҥ этэ дуо?.."

Иннокентий Тытыгынаев аранжировката

ИСТИЭҤ ЭТЭ ДУО?
Тумус Мэхээлэ тыллара, Алексей Егоров мелодията

Кэрэ-нарын тыллары тыаҕа баран көрдөөммүн,
Үүнэн турарын үргээммин, ичигэстээн хомуйан,
Дьиэбэр илдьэ кэлэммин, иннилэригэр тэлгэтэн
Сыыһын-бөҕүн ыраастаан, кирин-хоҕун сууйаммын.
Торолуйар отону ытыһаммын, ыламмын эйиэхэҕэ уунуохпун
Илиибиттэн ылаахтаан амсайаахтыаҥ буолуо дуо, эн?
Кэрэ-нарын тыллары кэккэлэтэн сытаммын сыымайдаан, сааһылаан
Сыыйа оннун булларан, буллараахтыаҥ этэ дуо, эн?

Дорҕоон гына таҥаммын, тойук гына туойаммын,
Туоххаһыйбыт дууһаҕа таптал кыымын саҕаммын,
Тылыннара сатыахпын, саарыы түһэн, тулуйан,
Саатар биирдэ истиэҥ этэ дуо?

Истиэҥ этэ дуо?

Туоххаһыйбыт дууһаҕа, таптал кыымын саҕаммын,

Истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо?

Survey: Is the lyrics correct? Yes No